Саха сиригэр «Ийэ доруобуйата» диэн ураты бырайыак саҕаланна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Владимир Путин көҕүлээбит Дьиэ кэргэн сылынан Саха сиригэр ураты бырайыак саҕаланна.

Кулун тутар 1 күнүттэн «Мамино здоровье» бырайыак стартаата. «Доруобай дьиэ кэргэн» бырагырааманан 40-тан үөһэ саастаах дьахталлар оҕону эмиийдиир уонна оҕону ууһатар уорганнарын рак ыарыыттан охсуһууга ананар.

Бырайыак хас биирдии дьахтарга аһаҕас. Бырайыак көҕүлээччитэ Людмила Николаева бэлиэтээбитинэн, «Ийэ доруобуйата» дьахтар доруобуйатын туругун эрдэттэн көрдөрүнэригэр ананар.

Бырайыакка кыттарга анкета эрэ толоруллар.

This post was published on 06.03.2024 11:33 11:33