Өрөспүүбүлүкэ биоресурсаларын дирекцията эппитинэн, экспедиция уопуттаах сирдээччи, «Муома» айылҕа пааркатын старшай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Иннокентий Федоров салайыытынан сырытта.
«Бэс ыйын 14 күнүттэн үөһэ хайаларга тахсан үлэ саҕаланна. Икки parnasius arctiсus булулунна. Хайаҕа халлаан туруга сарсыарда эрдэ эрэ үчүгэй буолар, 9 — 10 чаастан былытынан бүрүллэр, күн көстүбэтин кэриэтэ, онтон чаас-балтараа курдугунан этиҥнээх ардах, оннук салгыы киэһээҥи диэри салҕанан барар. Маннык көстүү үлэҕэ ыарахаттары үөскэтэр. Ол иһин хайаларга лыах олох аҕыйах этэ. Белянкалар, торфяниковай желтушкалар, перламутровкалар, чернушкалар уонна хайа бархатницата биирдии-иккилии көстүбүттэрэ. Атын үөн-көйүүр да олох аҕыйах», – диэтэ Иннокентий Федоров.
Бэс ыйын 17 — 19 күннэригэр атын дабайыылар оҥоһуллаллар, онно да элбэх көстүбэт.
Хотугу лыаҕы Муомаҕа аан бастаан 2019 сыллаахха көрбүттэр, Москваттан кэлбит энтомолог Юрий Бережной тутар. «2020 сыллаахха бэс ыйыгар хат бэрэбиэркэлиир сыаллаах эмиэ хайаларга тахсыбыппыт. Биир чаас иһигэр 70-ча рarnasius arcticus көрбүтүм биир хайа сирэйигэр. Хас да лыаҕы туппутум, ол иһигэр икки кынаттара алдьаммыт ууһуур лыаҕы», – диэн кэпсиир Иннокентий Федоров.
Аполлон арктический Саха сиригэр эрэ үөскүүр уонна саамай хотугу лыаҕынан ааҕыллар.
This post was published on 05.07.2024 11:32 11:32