«Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэлиэтииринэн, Арассыыйа күүһэ бары норуоттар көҥүллүк сайдалларыгар уонна култуураларын, төрүт тылларын, үгэстэрин уратытыгар сытар диир. Саха сиригэр үйэлэр усталарыгар араас норуоттар култууралара алтыһан кэлбитэ. Норуоту харыстааһын култуурунай нэһилиэстибэни харыстааһын буолар», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.
Оонньуулар чэрчилэринэн табаны сүүрдүү (бэтэрээннэр, эр дьон, дьахталлар, уолаттар, кыргыттар) буолуоҕа уонна абсолютнайга бастыыр иһин 10 км. күрэхтэһиэхтэрэ. Күрэхтэһии бырагырааматыгар наартаны ыстаныы (эр дьон, уолаттар), аркааны быраҕыы (кыргыттар, дьахталлар, уолаттар, эр дьон) буолуоҕа уонна бары кыттыылаах эстафета ыытыллыаҕа.
Эбээн Бытантай национальнай улууска култуурунай бырагыраама чэрчитинэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга эбээн тылын уонна култууратын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлин аһыллыыта буолуоҕа. «Һээдьэ», «таба киэргэллэрэ», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ», «Көс ыал-2023», олохтоох ааптардар «Хотугу дойдубун хоһуйабын, киэн туттабын» кинигэлэрин быыстапката уонна «Возрождение, сохранение и развитие родного эвенского языка и культуры» төгүрүк остуол ыытыллыаҕа.
This post was published on 30.03.2023 15:27 15:27