Саха сириттэн делегация Херсонскай уобаласка сырытта, экономическай уонна социальнай сибээһи олохтуур былааннаах. Ол туһунан уобалас губернатора Владимир Сальдо «Таврия»эфирга кэпсээтэ.
«Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сириттэн делегация кэлэ сырытта. Экономическай уонна социальнай сибээс олохтуур сыаллаах буолла. Сахалар Херсонскай уобалас сотору кэминэн экономиката үөһэ дабайарыгар эрэллээхтэр. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын биһигиттэн ыларга бэлэмнэрин эттилэр», — диэтэ Владимир Сальдо.
Кини эппитинэн, өрүттэр бартер ньыматын көрүөхтэрин сөп. Сальдо бэлиэтээбитинэн, кинилэр регионнарыгар агропромышленнай комплекс сайдыбыт. Уобалаһы эрэ буолбакка, РФ атын субъектарын эмиэ хааччыйар кыахтаахтар.
«Биһиги сири кытта үлэбит үчүгэй. Үлэһит дьон уонна айылҕабыт онно сөп түбэһэр. Мелиорация тиһигэ киэҥ», — диэтэ Сальдо.
This post was published on 13.02.2023 14:01 14:01