Саха сиригэр харыстанар ойуур пуондатыгар уот туруута суох

Экология министиэристибэтин бэс ыйын 15 күнүнээҕи дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаара суох.


Харыстанар ойуур пуондатыгар уот туруута бэлиэтэммэт.

Ыраах, суола-ииһэ суох аар тайҕаҕа 12 уот туочуката баар: Өймөкөөн, Орто Халыма, Үөһээ Халыма уонна Мииринэй оройуоннарыгар, уопсай иэнэ 48,803 гектар.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона арыллыаҕыттан 125 ойуур баһаара бэлиэтэннэ, уопсай иэнэ 79,448 га, ол иһигэр харыстанар ойуур пуондатыгар 60, уопсай иэнэ 4,831 га.

This post was published on 15.06.2020 11:02 11:02