Саха сиригэр халлаан эмискэ сылыйыытыттан өрүстэр эрдэ арыллаллара күүтүллэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Бу күннэргэ соҕуруулуу-илин, соҕуруу, илин эҥэргэ салгын температурата нуорматтан 2 — 5 кыраадыс үрдүк.

«Хаар ууллуута түргэтиэ, үрдүк сирдэртэн, хайалартан уу сүүрүө, Учур, Мая, Аллах, Амма өрүстэргэ (Алдан өрүс халыйыыта) сааскы муус көстүүтэ хойдуоҕа. Муус устар 28 — ыам ыйын 4 күннэригэр муус хамсааһына Мая уонна Амма өрүстэргэ биллиэҕэ. Элбэх сыллаах көрдөрүүнэн болдьох иннинэ өрүстэр арыллалларыгар тириэрдиэҕэ», — биэдэмистибэ иһитиннэриитигэр суруллар.

ЯУГМС дааннайынан, өрүстэр алта — тоҕус суукканан эрдэлээн арыллаллара күүтүллэр.

This post was published on 24.04.2025 16:10 16:10