Саха сиригэр халаантан хоромньу биир миллиарды куоһарда

Саха сиригэр халаантан 12 оройуоҥҥа 47 нэһилиэнньэлээх пуун уонна “Дьокуускай куорат” сирэ-уота эмсэҕэлээбитэ.

2018 сыл ыам ыйын 14 күнүттэн Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы режимэ биллэриллибитэ. Барыллаан ааҕыынан, хоромньу кээмэйэ миллиард солкуобайтан таҕыста.

СӨ Бырабыыталыстыбатын саппаас фондатыттан ЫБМ туоратыыга 98,39 мөл солкуобай көрүллүбүтэ.

СИА.

This post was published on 30.05.2018 21:15 21:15