24 Муус устар 24.04
  • $ 93,29
  • 99,56

Саха сиригэр халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ төһө харчыны биэрэллэрин эттилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ бастакы төлөбүрдэр саҕаланнылар. Бастакы көмө суумата киһиэхэ 20 тыһыынча солкуобайга тиийэр. Салгыы бүддьүөттэн эбии үп көрүллүөҕэ.

«Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит хас биирдии киһи Госуслуги нөҥүө сайабылыанньа биэрэн биир кэмнээх көмөнү ылыан сөп. Тустаах уураахха илии баттаатылар, Кэбээйи улууһун Сэбээн-Күөлүгэр бу 885 тыһ. солк. уонна Дьааҥы улууһугар 29 мөл. 125 тыһ. солк.  Бу киһиэхэ бастакы уочарат төлөнөр 5 000 солк., ону тэҥэ баайын-дуолун сүтэрбитин иһин — 10 тыһыынчаттан 20 тыһыынчаҕа диэри төлүүбүт уонна эбии кээмэйин аныыр туһунан саҥа дьаһалы бэлэмниибит», – диэн бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА