Бырабыыталыстыба резервнэй пуондатыгар ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын туһугар үлэҕэ 150 мөл. солк. уурдулар, ону тэҥэ халаан уутун куттала суох аһарар дьаһалларга 46 мөл. солк. кэриҥэ көрдүлэр. Бу туһунан регионнааҕы Минфин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«2022 сылга ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна саахал содулларын туоратыыга СӨ бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыгар 150 мөл. солк. анаатылар», — диэн Саха сирин Минфиныгар эттилэр.
2021 сылга халаан содулун туоратыыга Саха сирин саппаас пуондатыгар барыта 47,8 мөл. солк. көрүллүбүтэ чуолкайданар.
Сүрүн ороскуоттар кэккэлэригэр нэһилиэнньэни түргэнник иһитиннэрэр-биллэрэр систиэмэни тохтоло суох үлэлэтиигэ, ону тэҥэ ЧС- тан «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун территориятын харыстыыр дьаһалларга харгыһа суох аһы-үөлү атыылаһыыга үп-харчы бараммыта.
Ону таһынан 2022 сылга региоҥҥа халаан уутун куттала суох аһарар дьаһаллары ыытыыга 45,9 мөл. солк. көрүллүбүтэ.
This post was published on 09.02.2022 13:03 13:03