Саха сиригэр халаан уута этэҥҥэ ааһыан сөп. Ити эрээри муҥутуур бэлэм ирдэнэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр муус харыыта тахсыан сөптөөх сирдэри хараардыы уонна мууһун эрбээһин үлэтэ саҕаланна. Росгидромет борогунуоһунан, сааскы халаан элбэх сыллаах орто көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ, болдьоҕун иннинэ саҕаланыан сөп.

Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперёд!» телебиэриигэ эттэ.

«Бүгүн наадалаах миэрэлэр бары ылылыннылар. Кутталлаах сирдэргэ хараардыы уонна мууһу эрбээһин үлэтэ саҕаланна. Муус харыан сөптөөх сирдэр бары бэлиэтэннилэр», – диэтэ Айсен Николаев.

«Сааскы халаан уута этэҥҥэ ааһарын күүтэбит. Муус халыҥа таһымынан эбэтэр элбэх сыллаах көрдөрүүттэн нуорматтан кыра, ити эрээри сорох сирдэринэн халыҥнар бааллар.  Росгидромет этэринэн, муус хамсааһына элбэх сыллаах көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ быйыл эрдэ саҕаланар», – диэтэ баһылык.

Айсен Николаев ити эрээри сорох сирдэринэн улахан халаан буолуон сөбүн эмиэ этэр. «Хайдах да түгэҥҥэ биһиги бэлэм буолуохтаахпыт. Биһиги билэбит, кыра да харыы улахан кыһалҕаны үөскэтиэн сөбүн. Оччоҕуна нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал үөскүүр, дьон олоҕор, экономика эбийиэктэригэр, онон муҥутуур бэлэм буолуохтаахпыт», – диэтэ кини.

This post was published on 01.04.2024 12:33 12:33