Саха сиригэр өрүстэр арыллыылара нуорматтан 4-6 хонук эрдэлиирин сабаҕалыыллар. Хаар мунньуллуутунан уонна муус халыҥынан сылыктаатахха, регион таһымнаах ЧС биллэриллиэн сөп. Ол туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын начаалынньыга Павел Гарин эттэ.
«Өлүөнэ эбэҕэ харыы Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Дьокуускай аттыгар, Нам уонна Кэбээйи оройуоттарыгар тахсыан сөп. Маны сэргэ Алдан, Амма уонна Халыма өрүстэргэ Уус-Майаҕа, Аммаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Орто Халымаҕа. Муҥутуур таһым борогунуос бэлиэтиттэн 1,0 — 2,0 м сабардаан, кутталлаах бэлиэни аһардыан, чугас сытар нэһилиэнньэлээх пууннары уу ылыан сөп. Харыы ыам ыйынааҕы гидрометеорологическай усулуобуйаттан чопчуланар», — диэтэ Павел Гарин.
Сиһилии манна аах.
This post was published on 18.04.2025 16:03 16:03