Саха сиригэр 125 нэһилиэнньэлээх пууна бу сылга халаан уутугар барыан сөптөөҕүнэн реестрга киирдэ.
Ол туһунан ЯСИА-ҕа экология министиэристибэтин ууга сыһыаннаһыы департаменын салайааччыта Зинаида Васильева иһитиннэрдэ. «Халаан уутугар ылларыан сөптөөх 125 нэһилиэнньэлээх пуун баар. Бу элбэх. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит халаан уутугар барыан сөптөөх кутталлаах территориянан ааҕыллар. Үрэхтэрбит соҕурууттан хоту усталлар, сирбит ньуурун уратыта оннук оҥоһуулаах», – диэтэ Васильева.
Гидрометкиин дааннайынан, билигин муус халыҥа, эрдэтээҥи сыллары кытта тэҥнээтэххэ, чараас.
Ити эрээри Өлүөнэ өрүскэ Өлүөхүмэ, Покровскай куораттар, Күһүүр нэһилиэгин туһаайыытынан учаастактарга, итиэннэ Бүлүү уонна Халыма эбэлэргэ эмиэ учаастактарынан муус халыҥар нуорманы куоһарыы баар.
Хаар нуормаҕа тэҥ.