Кини этэринэн, Росгидромет Судаарыстыбаннай гидрологическай ситим Дьокуускайдааҕы УГМС эппиэтинэһигэр 173 гидрологическай пост баар: өрүстэргэ — 146, күөллэргэ — 13, үрэхтэргэ — 10, муораларга — 4. Сааскы халаан кэмигэр итинтэн 120 пост информационнай үлэҕэ кыттыаҕа.
«Гидрологическай постарга анал прибордар көмөлөрүнэн уу таһымын уонна температуратын, муус халыҥын быстала суох кэмнииллэр», – диэн Шехиров эттэ, суруйда Саха НКИХ.
84 быстах кэмнээх гидропосту улуустар сайаапкаларынан үлэлэтэр буолуохтара. Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайдааҕы УГМС исписэлиистэрин көмөлөрүнэн 50 итинник быстах кэмнээх пост тэриллибит. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, быстах кэмнээх пост ахсаана сэттэ төгүл улааппыт.
Быстах кэмнээх постка үбүлээһин улуустар бюджеттарын суотугар оҥоһуллар.
This post was published on 09.04.2025 13:25 13:25