Саха сиригэр хаас пиэрмэтин тэрийииигэ бырайыак бэлэмнэнэр

Саха сиригэр көтөргө түргэнник ситэр салааҕа универсальнай дьиэ кэргэн пиэрмэтин тэрийиэхтэрэ. Хотон тутуутугар, көтөр ылыытыгар, инкубационнай сымыыт атыылаһыытыгар көмөлөһүөхтэрэ, суруйар СИА.

«Хааһы, куһу уонна көтөр атын көрүҥүн иитии туһунан кэпсэниллэр. Билигин аграрийдары кытта маннык пиэрмэни тэрийии туһунан дьүүллэһии барар. Бу бородууксуйаҕа наадыйыы улаатан иһэр, конкуренция суоҕун кэриэтэ», – диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко пиэрмэрдэри уонна туһааннаах тэрилтэлэри кытта мунньахха.

Мунньахха Амма уонна Бүлүү улууһуттан кытылланылар. Онно хааһы иитэллэр. «Григорьев Т.Д» уонна «Иванова М.М.» бааһынай хаһаайыстыбалар уопуттарыттан кэпсээтилэр. Саҥа бырайыакка кыттарга бэлэмнэрин биллэрдилэр.

Хотон барыллаан 82 х 220 кв. м. буолар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Туймаада» хампаанньаны кытта иэс, субсидия биэриитин боппуруостарын көрөллөр. Быһаарыы ыам ыйын бүтэһигэр диэри ылыллыахтаах.

This post was published on 16.05.2022 11:01 11:01