Саха сиригэр гонконгнааҕы тумуунан сутуллуу элбиир

Хаартыска: Андрей Сорокин, ЯСИА

Саха сиригэр ОРВИ уонна тумуу эпидемическай көрдөрүүтэ 179,7%. Вирустарга гонконгнааҕы тумуу А(H3N2) уонна парагрипп баһыйар ахсааны ылар.

Ол туһунан ЯСИА-ҕа регион доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

48 нэдиэлэҕэ 20116 ОРВИ уонна тумуу ыарыыта бэлиэтэннэ. Онтон 57%-на Дьокуускайга уонна куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга баар.

«Билигин А(H3N2) сезон вируһа буолар, ити эрээри тумууну утары вакцинация таһыма кыратыттан түргэнник көбөн тахсыан уонна эпидемия буолуон сөп», — диэтилэр министиэристибэҕэ.

This post was published on 06.12.2023 10:01 10:01