Саха сиригэр А (H3N2) тумуу, ол эбэтэр гонконгнааҕы тумуунан ааттанар ыарыы, кэллэ диэн биллэрдилэр.
Ыарыы баарын ахсынньы 1 күнүгэр регионнааҕы Роспотребнадзорга эттилэр.
«ОРВИ уонна тумуу лабораторнай мониторинг дааннайынан, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 2023 сылга 45-с нэдиэлэҕэ А (H3N2) тумуу вируһа баара бэлиэтэннэ», — управление иһитиннэриитигэр суруллар.
Бу тумуу олус түргэнник тарҕанарынан биллэр.
Сиһилии: https://ysia.ru/sluchai-gonkongskogo-grippa-vyyavili-v-yakutii/