Өлүөхүмэ оройуонугар саҥа гаас баайдаах бөдөҥ сири арыйдылар, кыаҕа 34 865 мөл кубометрга сыаналанар, геология министиэристибэтэ суруйар.
Гаас баарын «Туймааданефтегаз» тэрилтэ исписэлиистэрэ «Мухтинскай» лицензиялаах учаастакка үүттүүр үлэни толоро сылдьан буллулар. Сир баайдаах учаастагы «Мухтинское» диэн ааттаатылар.
«Саҥа сир сүрүн үчүгэйэ диэн — «Сила Сибири» магистраль уонна ВСТО нефтепровода баар. Бу учаастак уонна тэрилтэ үлэлиир кыаҕын улаатыннарар», — диэн комментарийдаата миниистири бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин.
Саха сирэ 2022 сыл түмүгүнэн, промышленность улаатыытыгар Россия уон бастыҥ регионун иһигэр киирбитэ. Гааһы хостооһун иэнэ 17 млрд кубометр, 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ 24% элбэх.
This post was published on 10.01.2023 11:01 11:01