Саха сиригэр эргэ сөмөлүөттэри туһаттан таһаарыахтара

Саха сиригэр 2025 сылга диэри Ан-2, Ан-24 сөмөлүөттэр, Ми-8 бөртөлүөттэр бары кэриэтэ туттууттан тахсыахтара. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Интерфакска интервьютун кэмигэр эттэ.


«Биһиэхэ Ан-2, Ан-24 сөмөлүөттэр, Ми-8 бөртөлүөттэр ортотунан 40 сыл сулууспалаахтар. 2025 сылга диэри кинилэри туһаттан таһаарыахтаахпыт«, — диэтэ Ил Дархан.

Маныаха тырааныспарынан сырыы Саха сиригэр эмискэ хааччахтаныан сөп.

«Өрөспүүбүлүкэ улахан аҥарыгар, ордук Арктика улуустарыгар сылы мэлдьи салгынынан эрэ сырыы баар«, — диэн Айсен Николаев быһаарда.

Туһаттан тахсыбыт суудуналары Ил-114 уонна «Байкал» сөмөлүөттэринэн солбуйаллара былааннанар.

«Ити суудуналар өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Уһук Илиҥҥэ 2023-2024 сылларга кэлэллэригэр эрэнэбит. Итини таһынан Уһук Илиннээҕи авиахампаанньа SSJ-100 уонна МС-21 сөмөлүөттэрдэниэ диэн эрэнэбин«, — диэтэ Ил Дархан.

Саха сирэ 2022-2029 сылларга 23 Ил-114-300 «Полярнай авиалиниялар» хампаанньаҕа ылары былаанныыр. Ил-114 сөмөлүөт барыллаан ааҕыынан 1 млрд солкуобай сыаналаах буолуон сөп. Сөмөлүөт 70-ҥа тиийэ пассажиры итиэннэ 7 туонна таһаҕаһы тиэйэр уйуктаах.

«Байкал» Бурятия Улан-Удэтааҕы авиа собуокка оҥоһуллуоҕа. Кини Ан-2 сөмөлүөтү солбуйуо.

This post was published on 01.09.2020 17:01 17:01