Дьокуускай куорат кэккэ оскуолаларыгар энтеровируснай инфекция тарҕаммыта бэлиэтэннэ. 30, 38 нүөмэрдээх оскуолаларга оҕолор ыалдьыбыттарыттан сорохторун анаалыстара ситэри бигэргэтиллэ илик. Вируһунан сутуллубут оҕолору быраастар хонтуруолга ыллылар. Бу оскуолаларга үөрэх тохтотулла сырытта.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи балаһыанньа ыарыы өрө турбутун курдук өйдөнүллүбэт (серознай менингит түгэнэ суох), ол эбэтэр Саха сиригэр энтеровируснай инфекция сыл аайы тарҕанар. Сыл аайы от ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри бу ыарыы туруута элбиир. Сүрүннээн 3-6 саастаах оҕолор ыалдьаллар.
Тэрээһиннээх кэлэктииптэргэ күн аайы медицинскэй кэтээн көрүү оҥоһуллар, химиопрофилактика ананар. Оскуолаларга ыарыы өрө туруутун бопсор режим киллэрилиннэ. Эмчиттэр итиэннэ Гигиена уонна эпидемиология киинин исписэлиистэрэ энтеровируснай инфекцияны сэрэтиигэ семинардары ыыталлар. Хас биирдии киһи гигиенаны тутуһарыгар, оҕуруот аһын уонна фруктаны үчүгэйдик сууйарыгар, оргуйбут эрэ ууну иһэригэр сүбэлииллэр.
Бэйэҕит билэргитинэн эмтэнимэҥ, ыарыы кыра да бэлиэлэрэ билиннэхтэринэ, олорор сиргитинэн поликлиникаҕа көрдөрүнүҥ. Төрөппүттэргэ туһаайан, эмчиттэр ыалдьыбыт оҕону оҕо тэрилтэтигэр аҕалбаттарыгар сүбэлииллэр.
Ыспыраапка:
Киһи энтеровируснай инфекцияҕа сыстыаҕыттан бастакы бэлиэлэр 2-10 хонук иһигэр биллэллэр. Ыарыы бэлиэлэрэ араастар. Холобур, ис ыарыылаах сыптарыҥ, төбө ыалдьыыта, иҥиир тардыыта, былчыҥнар уонна сүһүөхтэр күүскэ ыалдьыылара, тириигэ уонна салыҥнаах бүрүөҕэ ымынах тахсыыта, конъюнктивит, ангина, ОРЗ бэлиэлэрэ баар буолуохтарын сөп. Ыалдьыбыт киһи үксүгэр тоҥор, температурата үрдүүр, төбөтө ыалдьар, хотуолуур, о.д.а.