Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр тустарынан Президент ыйааҕа Саха сиригэр үлэлииригэр этиилэри киллэриигэ регион бырабыыталыстыбата, туһааннаах министиэристибэлэр, биэдэмиэстибэлэр үлэлэрэ түмүктэнэн эрэр.
Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ вице-премьера Георгий Степанов бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр эттэ, суруйар ЯСИА.
«2024 сыл Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Сыл саҕаланыытыгар президент «Ыал» национальнай бырайыагы үлэлэтэр туһунан көҕүлээһини киллэрбитэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр сүрүн миэрэлэр салҕанан бараллара этиллибитэ. Ол курдук, ийэ хапытаалын 2030 сылга диэри уһатыы, маннык курдук чэпчэтиилээх дьиэ кэргэн ипотеката. Биллэн турар, бу сүрүн федеральнайдааҕы чэпчэтиилэр «Ыал» нацбырайыакка төрүт быһыытынан киирэллэр», — диэтэ Георгий Степанов.
Президент ыйааҕынан элбэх оҕолоох ыал федеральнайдааҕы статустанара этиллибитэ. «Статус болдьоҕо суоҕа мэктиэлэнэр. Бу ыйаахха, маны сэргэ, РФ субъектарын баһылыктарыгар соруктар бааллар. Бу күннэргэ ити сорудаҕы толорууга үлэлиибит. Бырабыыталыстыба көрүүтүгэр, салгыы Ил Дархан быһаарыытыгар этиилэри киллэриэхпит», — диэтэ Степанов.
This post was published on 07.03.2024 11:33 11:33