Саха сиригэр элбэх куобаҕы өлөрбүт булчуттары көрдүү сылдьаллар

Саха сирин Экологияҕа министиэристибэтэ Интернет ситимин нөҥүө мониторинг ыыта сылдьан, олус элбэх куобаҕы бултаабыт дьон хаартыскатын булбуттар, билигин бу кимнээх буолалларын быһаара сылдьаллар, диэн СИА иһитиннэрэр.

Биэдэмистибэ бэрэбиэркэни саҕалаата.

Бултааһыҥҥа уонна бултуур ресурсалары харыстааһын өттүгэр сокуону кэһии тахсыбыт буоллаҕына, тустаах дьаһаллар ылыллыахтара.

This post was published on 03.10.2022 13:02 13:02