Саха сиригэр «Эдэр табаһыт» уонна «Арктика учуутала» бырагыраамалар үлэлиэхтэрэ

Саха сирин Арктикатын эргимтэтин олохтоохторун өйүүр «Эдэр табаһыт» уонна «Арктика учуутала» бырагыраамалар 2020 сылтан үлэлиэхтэрэ диэн ТАСС-ка Арктика сайдыытыгар уона хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ иһитиннэрдэ диэн, СИА суруйар.


Кулун тутарга Владимир Путин РФ 2035 сылга диэри Арктикаҕа туһаайыллыбыт судаарыстыбаннай политикатын төрүтүн туһунан ыйаах таһаарбыта.

«Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, 2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан «Эдэр табаһыт» бырагыраама үлэлиэҕэ. Докумуоҥҥа этиллэринэн, 35 диэри саастаах түөрт сыл үлэ уопуттаах олохтоох табаһыт дьиэтин тупсарынарыгар 1 мөл солк көрүүтэ буолар. Маны сэргэ анал үөрэхтээх дьону үгэс буолбут үлэлэргэ сыһыарыы. Бырайыак сыалынан Арктикаҕа үөрэх хаачыстыбатын сайыннарыы, педагогтар идэлэринэн  сайдалларыгар көмө буолуу» — диэтэ тустаах миниистир Владимир Черноградскай.

2020 сылга «Эдэр табаһыт» регион бюджетытттан үбүлэниэҕэ. «Кэлэр өттүгэр киһи хапытаалын сайдыытыгар Агентство нөҥүө үлэлэһэр былаан баар. Бу тэрилтэ бырайыакка интэриэстээх, Уһук Илиҥҥэ дьон олохсуйуутугар үлэни ыытар«, — диэн биэдэмистибэҕэ эттилэр.

«Арктика учуутала» бырайыакка 2020 сылга регион бюджетыгар 10 мөл солк тыырыллыбыт.

This post was published on 15.04.2020 15:26 15:26