Бэҕэһээ киэһэ Уус-Майа оройуонун Элдьикээн бөһүөлэгэр эһэ киирэн олохтоох дьахтарга саба түспүт. Нэһилиэнньэлээх пуун баһылыга Александр Бороздунов этэринэн, эмсэҕэлээбит дьахтар этигэр-сиинигэр көҕөрүүлэрдээх, ону таһынан куурката хайдыбыт, маннык түгэн үөскээн тыатааҕыны өлөрбүттэр.
«Баппаҕайынан сапсыйан үргүччү аһарбыт. Эһэ ыарыһаҕа уонна кырдьаҕаһа көстөр, арааһа ол иһин дэриэбинэҕэ киирбит бэйэтин айылҕатыгар сылдьар кыаҕа суох буолан. Кини аһылык буларыгар ыарахаттары көрсөн, дэриэбинэҕэ көрдүү киирбит. Быһылаан бөһүөлэк кыһыл кылдьыытыгар буолбут», — диэтэ Бороздунов.
Итини тэҥэ, бөһүөлэккэ тута быһыыны- майгыны хонтуруоллуу диэн оройуоннааҕы айылҕа ресурсаларын уонна тулалыыр эйгэни харыстыыр инспекция үлэһиттэрэ кэлбиттэрэ диэн бэлиэтээтэ.
This post was published on 05.08.2022 09:15 09:15