Саха сиригэр Доруобуйа сылыгар медицина саҥа эбийиэктэрэ тутуллуохтара

«Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр Доруобуйа сылыгар икки эбийиэк үлэҕэ киирдэ: Хаҥалас Кыһыл үрүйэтигэр уонна Ньурба Сайылыгар ФАП-тар. Маны таһынан, элбэх дьаһал күүтүллэр, СИА суруйар. 


«Развитие здравоохранения Якутии» судаарыстыбаннай бырагырааманан 2024 сылга диэри Дьокуускайга 150 миэстэлээх кардиокиин тутуута бүтэр, Уус Алдаҥҥа ФАП, Абыйга, Орто Халымаҕа уонна Кэбээйигэ эмтиир амбулаториялар.

«12 медицина эбийиэгэр капитальнай өрөмүөн ыытыллар, уопсай суумата 200 мөл солк кэриҥэ», — диэтэ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта Алексей Яковлев.

Кини эппитинэн, «Комплексное развитие села» диэн бырагыраама баар, бу тосхолунан Нам улууһугар икки ФАП, Өлүөхүмэҕэ уонна Үөһээ Бүлүүгэ санитарнай тырааныспар ылыллаллар.

«Хас да бырагыраама уонна бырайыак баар, министиэристибэ онон салайтаран үлэлиир. 2021 сылга доруобуйа харыстабылын бастакы звенотун саҥардыыга бырагырааманан биэс эбийиэк тутуллар — балыыһалар Муомаҕа, Бүлүүгэ, Тааттаҕа, Уус Майаҕа уонна Чурапчыга. Бу бырагырааманан 33 медицина тэрилтэтигэр өрөмүөн саҕаланыаҕа. Сорох үлэтэ хас да сылга араарылынна. Онон баар бырагыраамалар үлэлииллэр», — диэтэ Яковлев.

This post was published on 05.04.2021 15:01 15:01