Саха сиригэр дьоҥҥо босхо медицина өҥөтүн оҥоруу ороскуотун сабыыга эбии федеральнайдааҕы хааһынаттан 750 мөл солк көрүлүннэ. Регионнар уопсайа 35,1 млрд солк ылыахтаахтар. Дьаһалга РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата, суруйар СИА.
«Саха сиригэр дьоҥҥо босхо медицина өҥөтүн оҥоруу ороскуотун сабыыга эбии 750 мөл солк көрүлүннэ. Эбии үбүлээһини Уһук Илиҥҥи уокурук 10 региона ылар — биһиги, Бурятия, Камчатка, Приморье, Еврейскай автономнай уобалас, Чукотка, Хабаровскай кыраай, Амур, Магадан уонна Сахалин уобаластара. Харчы булгуччулаах медицина страховкатын федеральнайдааҕы саппааһыттан көрүллэр. Махталбын РФ бырабыыталыстыбатыгар, бэрэссэдээтэл Михаил Владимирович Мишустинынан сирэйдээн тириэрдэбин!», — диэн бэҕэһээ соцситимҥэ суруйда Ил Дархан Айсен Николаев.
Михаил Мишустин бэлиэтээбитинэн, ааспыт сыл уонна бу сыл саҕаланыыта доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр боростуойа суох ааста. Ыалдьааччы ахсаана эбиллибитинэн, медицина тэрилтэлэригэр үп чааһыгар ноҕурууска улаатта, кинилэр элбэх пациеҥҥа көмө оҥордулар, наадалаах эмп атыыластылар, чинчийиилэри ыыттылар.
This post was published on 12.04.2022 15:01 15:01