Судаарыстыба өйөбүлүгэр наадыйар дьону булууга биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы үлэни региоҥҥа кэҥэтиэхтэрэ. СИА суруйар.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы үлэ регламенын бигэргэттэ. Манна ИДьМ, УФСИН, медицина-социальнай экспертиза, олохтоох бэйэни салайыныылар уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр киирдилэр.
«Сүрүн сыалынан социальнай хааччыйыыга наадыйааччылары булууга профилактическай үлэни ыытыы күүһүрүө», — диэтэ социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова.
Кини эппитинэн, маннык дьаһал үлэ соруктара суһаллык толорулларыгар тириэрдэр: дьону булууга уонна көрүүгэ-истиигэ.
This post was published on 26.06.2020 16:02 16:02