Саха сиригэр дьон олорор дьиэлэрин пуондата оттук сезонугар бэлэм буолбуттарын туоһулуур пааспардарын ыллылар. Билигин хочуолунайдар уонна итиини биэрэр хаһаайыстыбалар көҥүл докумуоннарын ыларга бэлэмнэнэллэр.
Өлүөхүмэҕэ алтынньы 15 күнүгэр диэри саҥа хочуолунай тутуутун түмүктүөхтээхтэр. Ол туһунан «Быһа эфиргэ» Ил Дархан Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
«Тыйыс кыһыммытыгар бэлэм буолуохтаахпыт, ол биһиги эбээһинэспит. Оннук буолбат түбэлтэтигэр улахан кыһалҕалары көрсүөхпүт. Олорор дьиэ пуондата кыстыкка бэлэм пааспарын ылла. Билигин хочуолунайдар уонна итиинэн хааччыйар хаһаайыстыбалар бэлэимнэнэллэр. Сэтинньи 15 күнүгэр диэри бары докумуоннарын тутуохтаахтар. Саха сирэ итиини биэрии сезонугар бэлэмэ сөптөөхтүк баран иһэр», — диэтэ Николаев.
Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, Өлүөхүмэ хочуолунайыгар боппуруостар тура сылдьыбыттар, саахалланар туруктаах хочуолунайы чааһынай предпринимателлэр оҥороллор. ОДьКХ миниистирэ Вячеслав Емельянов миэстэтигэр тиийэн үлэ хаамыытын билсэн баран, сэтинньи 15 күнүгэр диэри хочуолунай үлэлиирин эттэ.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА