Саха сиригэр массыыналаах дьоно техникаларын, экономиялыыр сыалтан, бензинтэн гаас уматыкка көһөрөллөр. Промышленность уонна геология миниистирэ Максим Терещенко быһа эфир кэмигэр эттэ, суруйар СИА.
Максим Терещенко этэринэн, тырааныспары пропан-бутан эбэтэр метан уматыкка көһөрүөххэ сөп, массыынаҕыттан тутулуктаах.
«Массыынаҥ ханныга, хас сыллаахха оҥоһуллубута тутулуктаах. Ити эрээри хайдах да түгэҥҥэ, дьиэ кэргэн бюджетыгар экономия оҥороҕун. Ханнык оройуоҥҥа олороруҥ, онно ханнык сапыраапка баара эмиэ учуоттанара ордук. Бутаҥҥа сапыраапкаланыы киин Саха сиригэр, Мииринэйгэ баар. Ленскэй хайысхатынан бу эйгэ инфраструктурата сайыннарыллар, онно билигин метан. Соҕуруу, киин өттүгэр, Бүлүү бөлөххө пропан-бутан сапакаапкаланаллар. Бу убатыллыбыт гаас буолар», — диэтэ миниистир.
This post was published on 01.10.2021 13:01 13:01