Саха сиригэр дойду үрдүнэн саамай үрдүк хомурах үүммүт

Арассыыйаҕа сир-дойду 90%-на хаарынан бүрүлүннэ. Онуоха саамай үрдүк хомурахтар Саха сиригэр бааллар, 50 см тиийэ үүммүттэр. Бу туһунан Арассыыйа гидрометсулууспатын научнай салайааччыта Роман Вильфанд иһитиннэрдэ.

Тэҥнээн көрдөххө, РФ атын регионнарыгар хомурах үрдүгэ 40 см кыра. Чукотка автономнай уокуругар  — 36 см, Красноярскай кыраайга — 34 см, Камчатскай кыраайга — 30 см уонна Уралга 25 см диэри.

Эксперт этэринэн, киин уокурукка соҕуруулуу-арҕаа диэки, Краснодар уонна Ставропольскай кыраайдарга хаар суох.

This post was published on 18.11.2022 14:05 14:05