Саха сиригэр дифтерияны утары маассабай ревакцинация ыытыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

2024 сылга 24-тэн үөһэ саастаах дьоҥҥо маассабай ревакцинация уочараттаах болдьоҕо саҕаланна.

Сылы быһа Саха сирин үрдүнэн 135 тыһыынча киһиэхэ быһыы бэриллиэхтээх. Уураахха Роспотребнадзор Саха сиринээҕи управлениетын кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай бырааһа илии баттаата.

Тохсунньу — олунньу ыйдарга дифтерияны утары 4 тыһ тахса киһи быһыы ылла.

This post was published on 29.03.2024 17:01 17:01