Саха сиригэр чэпчэтиилээх ипотеканан туһаныыга 50 киһи сайаапкатын бигэргэттилэр

2%-наах ипотеканан туһаныы бырагыраамата олоххо киирбитин онус күнүгэр киирбит сайаапкалартан 50-нугар сөбүлэҥ оҥоһулунна. Бу туһунан ТАСС өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентствоҕа олоҕуран иһитиннэрдэ.  


РФ президенэ Владимир Путин балаҕан ыйыгар Уһук Илин олохтоохторугар ипотека кирэдьиитин 2%-ҥа диэри кыччатар туһунан бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаабыта. Премьер-министр Дмитрий Медведев ахсынньы 9 күнүгэр кыра бырыһыаннаах ипотека бырагыраамата олоххо киириитигэр докумуоҥҥа илии баттаабыта.

«Чэпчэтиилээх ипотеканы ылыыга 50 сайаапка бигэргэннэ. Ордук Дьокуускай куораттан сайаапкалар киирэллэр. Кыбартыыра ылыыга интэриэс улахан. Ахсынньы 17 күнүгэр бастакы дуогабар баттанна. 250-тан тахса консультация оҥоһулунна», — диэн агентствоҕа эттилэр.

Ахсынньы 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анал этиитигэр элбэх функциялаах кииҥҥэ туһаайан эдэр ыаллар чэпчэтиилээх ипотеканан туһаналларыгар күүскэ үлэлэһэллэригэр эттэ.

«МФЦ-лары кытта үлэ дьон докумуоннарын хомуйалларыгар уонна иккис сирэйинэн ыыталларыгар көмөлөөх буолуоҕа. Оччоҕуна дьон Дьокуускайга айаннаан кэлэр ороскуоту көрсүбэккэ, дистанционно ипотекаҕа  сайаапканы биэриэн сөп», — диэн быһаардылар агентствоҕа.

This post was published on 23.12.2019 11:18 11:18