Биир ньыгыл быыбардыыр күҥҥэ Саха сиригэр бастакы 36 быыбардыыр учаастак өрөспүүбүлүкэ 6 оройуонугар үлэтин саҕалаата, суруйар СИА. Дьокуускай бириэмэтинэн сарсыарда 8 чааска 484 быыбар 302 муниципальнай тэриллиигэ саҕаланна.
Дьокуускай бириэмэтинэн сарсыарда 6 чааска быыбардар Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма оройуоттарыгар саҕаланнылар.
Абый уонна Орто Халыма улуустарын олохтоохторо баһылыктарын талыахтара.
Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрбитинэн, Абыйдааҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Елена Новикова биллэрбитинэн, оройуоҥҥа баар 7 быыбардыыр учаастак бары сарсыарда 8 чааска үлэлэрин саҕалаатылар. Россия өрөгөйүн ырыата тыаһаата.
Балаҕан ыйын 10 күнүгэр улуус ыраах, суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пуунарыгар атырдьах ыйын 21 күнүгэр саҕаламмыт эрдэлээн куоластааһын түмүктэммитэ. Хамыыһыйа чилиэттэрэ быыбардааччыларга автотырааныспарынан, мотуордаах тыыларынан, катердарынан, тыраахтырдарынан, бэлэсипиэтинэн, сатыылаан тиийтэлээбиттэрэ.
Киин хамыыһыйа дааннайынан эрдэлээн куоластааһыҥҥа 977 быыбардааччы 160 сиргэ бэйэтин гражданскай быраабын туһанна.
Бүгүн барыта 484 быыбар 302 муниципальнай тэриллиигэ буолар.
This post was published on 11.09.2022 08:03 08:03