Саха сиригэр быыбар тэрээһин үлэтэ саҕаланна

Хаартыска: Эркээйи хаһыат

Кулун тутар 15-17 күннэригэр Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбара буолар. Бу дойдубут инники сайдыытыгар улахан суолталаах хампаанньаҕа бэлэмнэнии чэрчитинэн олунньу 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйата уонна илин эҥэр улуустар быыбардыыр хамыыһыйаларын чилиэннэригэр анаан сэминээр тэрийэн ыыттылар, диэн суруйда «Эркээйи» хаһыат.

СэминээргэАмма, Чурапчы, Уус Алдан, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан барыта 197 киһи кыттыыны ылла. Сүбэ мунньахха быыбардыыр учаастактар чилиэннэрин үөрэттилэр, быыбары тэрийии үлэтин ымпыгын-чымпыгын быһаардылар.

Мунньаҕы СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын сэкирэтээрэ Алла Самойлова салайан ыытта. Кинини кытта хамыыһыйа чилиэнэ, биир дойдулаахпыт юрист идэлээх Нарыйа Иванова, «ЛДПР» баартыйа чилиэнэ Евгений Рябченко быйылгы быыбар уратыларын, быыбар сокуонугар киирбит уларыйыылар тустарынан сырдаттылар.

Быйыл «ИнформУИК» саҥа бырайыак үлэтин саҕалаата. Хамыыһыйа чилиэннэрэ быыбардааччыларга дьиэлэригэр тиийэн буолаары турар быыбар туһунан сырдатыы үлэтин ыыталлар. Иһитиннэрэр-сырдатар үлэ номнуо саҕаланан, бу күннэргэ үгэннээн бара турар.

Быыбардыыр хамыыһыйалар үлэһиттэригэр улахан эппиэтинэстээх үлэ саҕаланна, суруйда @gazetaerkeii

This post was published on 27.02.2024 12:01 12:01