Саха сиригэр быыбар кэмигэр сокуону, бэрээдэги кэһии тахсыбата

Дойдуга биир кэлим быыбар кэмигэр Саха сиригэр улахан кэһиилэр тахсыбатахтар. Ити туһунан суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ Быыбар киин хамыыһыйатын бэрэстэбиитэлэ Екатерина Кладкина эттэ.


«Быыбар сокуона, быыбары ыытыы бэрээдэгэ кэһиллибитин туһунан үҥсүүлэр киирбэтэхтэрин кэриэтэ. Ити хаачыстыбалаах үлэ туоһута», — диир кини.

Екатерина Кладкина этэринэн, быыбар хамыыһыйалара бары эппиэтинэстээхтик сыһыаннастылар, туруоруллубут соругу ситистилэр. Балаҕан ыйын 18 күнүгэр Госдума дьокутаатын баартыйалартан уонна биир мандааттаах уокуруктан таллылар. Саха сиригэр Нерюнгри, Эдьигээн уонна Булуҥ улуустарын баһылыктарын быыбардаатылар.

This post was published on 20.09.2016 11:05 11:05