Саха сиригэр быстах байыаннай хомуур дьаһаллара түмүктүүр түһүмэххэ кэллэ

«Быһа эфиргэ» Айсен Николаев Саха сиригэр быстах байыаннай хомуур дьаһаллара түмүктүүр түһүмэххэ кэлбиттэрин эттэ, суруйар СИА.

«Биһиги военкому кытта уочараттаах мунньаҕы ыыттыбыт. Бу нэдиэлэ сэрэдэтигэр эбэтэр чэппиэригэр сүрүн дьаһаллар өрөспүүбүлүкэҕэ түмүктэниэхтэрэ. Сорох оройуоттарга былаан туолла, олортон дьон салгыы ыҥырыллыа суоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.

Дойду президиэнэ Владимир Путин балаҕан ыйын 21 күнүгэр дойдуга быстах байыаннай хомууру биллэрбитэ. Оборуона миниистирэ Сергей Шойгу эппитинэн, саппааска баар 300 тыһ киһини дойду үрдүнэн ыҥырар былаан баар.

This post was published on 27.09.2022 14:28 14:28