Саха сиригэр быраастар киһи хараҕыттан үөнү хостоотулар

Мииринэй оройуонугар эр киһи хараҕа ыалдьан балыыһаҕа көрдөрбүт. Быраастар харах иһигэр үөнү булбуттар. Дьокуускай харах балыыһатын офтальмолог-бырааһа Пантелеймон Аргунов Мииринэй куоракка командировкаҕа кэлэн, ыарыһахха көмөлөстө.

«Ыарыһах хараҕар туох киирбитин чопчу кыайан эппэтэҕэ. Таһырдьа тыал суох этэ диир. Көрдөххө аллараа конъюнктивальнай көмүскэлигэр хара бээтинэ баара. Микроскопка бырдах буолара биллибитэ. Үөнү ыарахана суохтук таһаардыбыт, харахха кутуллар уу көмөтүнэн. Пациент ыарыыта суох дьиэтигэр барда»,  — диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин офтальмологическай балыыһатын офтальмолог-бырааһа Пантелеймон Аргунов кэпсээтэ.

This post was published on 09.09.2025 11:35 11:35