Саха сиригэр быйылгы дьылга бастакы бизон оҕолоро төрөөтүлэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Алын-Тыымпынайга Горнай оройуонугар ойуур бизоннарын питомнигар муус устар 17 — 18 күннэригэр быйылгы дьылга бастакы үс бизон оҕото төрөөтө.

Питомник үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, бизон оҕолоро этэҥҥэлэр, бастакы хардыыларын оҥордулар, ийэлэриттэн арахпаттар.

Бизоннар муус устартан бэс ыйын ортотугар диэри төрүүллэр. Биир сезоҥҥа 30 — 35 бизон оҕото эбиллэр.

This post was published on 23.04.2024 14:03 14:03