Саха сиригэр быйыл өссө 18 ФАП уонна амбулатория тутуллуоҕа

Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова иһитиннэрбитинэн, быйыл өссө 18 эбийиэк тутуллуохтаах: ФАП уонна амбулатория. Билигин алта туһааннаах дьиэ тутуута бүтэн эрэр, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата эттэ.


«Билигин алта модульнай конструкция тутуллар. Эдьигээн Баханайыгар, Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар, Томпо Охотскай-Перевоһугар, Усуйаана Дьүкээгиригэр, Ньурба Сайылыгар, Өлүөхүмэ Сиинэтигэр», — диэтэ миниистир Елена Борисова.

«Дьааҥы Баатаҕайыгар 30 куойка-миэстэлээх терапия уонна оҕо отделениялардаах симиэнэҕэ 180 киһи киирэр кыамталаах поликлиникалаах улахан эбийиэк тутуллар», — диэн эбэн эттэ кини.

Дьокуускайга онкодиспансер иккис уочарата тутуллар: 210 киһи симиэнэҕэ биирдэ киирэр поликлиникалаах, 180 куойка миэстэлээх стационардаах, хозблоктаах онкоклиническай киин.

Уһук Илин уокурук субъектарын экономическай сайдыыларын Киинин социальнай сайдыыларын бырагырааматынан, Дьокуускайга кардиология киинэ тутуллар. Иккис уочарата — 150 куойка-миэстэлээх кардиососудистай киин.

Санатар эбит буоллахха, 2019 сылга араас бырагыраамаларынан 10 эбийиэк тутуллубута: ФАП уонна амбулаториялар Аллайыаха Русское-Устье сэлиэнньэтигэр, Амма Сулҕаччытыгар, Алдан Якокит сэлиэнньэтигэр, Бүлүү Сосновкатыгар, Ленскэй Хамра уонна Иннээли сэлиэнньэлэригэр, Уус Алдан Арыылааҕар, Кэбээйи Тыайатыгар, Томпо Кэскилигэр, Мэҥэ Хаҥалас Даркылааҕар.

This post was published on 13.04.2020 15:23 15:23