Саха сиригэр быйыл барыллаан былаанынан 408 тыһыынча туонна оту бэлэмниэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр сайын 408 тыһыынча туонна оту (93% былаантан) бэлэмниир соруктаахтар. Барыллаан борогунуоһу регион тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Биэдэмистибэ эппитинэн, илин эҥэр улуустарга балаһыанньа ыарахан соҕус буолара сабаҕаланар. Сөҥүүтэ суох уонна аһыҥа саба түһүүтэ баар.

Санаттахха, 2023 сыл сайыныгар өрөспүүбүлүкэҕэ 466 тыһыынча туонна от бэлэмнэммитэ.

This post was published on 03.07.2024 12:34 12:34