Саха сиригэр быар искэнин эмтээһин саҕаланна

Бу күннэргэ Саха сиригэр быар искэнин эмтииргэ химиоэмболизация ньыматын аан бастаан туһаннылар. Химиоэмболизация ньыматынан бастакы эпэрээссийэҕэ Медицина национальнай киинин-өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа ыарыыны быһаарыыга уонна эмтээһиҥҥэ рентгенохирургия ньымаларын отделениетын сэттэ исписэлииһэ, ону сэргэ Аллараа Новгородтан кэлбит рентген-хирург уонна химиотерапевт кытыннылар. 


“Химиоэмболизация – бу ыарыы ханнык түһүмэххэ тиийбититтэн уонна сааһыттан тутулуга суох, ыарыһахтары быыһыырга саамай улахан эрэл. Киһи барыта уустук аһаҕас эпэрээссийэни тулуйар кыаҕа суох, сорохтор ыарыыларын улаханнык баалаппыт буолаллар. Билигин итинник дьоҥҥо биһиги көмөлөһүөхпүтүн сөп буолла. Ол эбэтэр искэн салгыы сайдарын тохтотор, эмтээһин хаачыстыбатын тупсарар уонна олохторун уһатар кыахтанабыт”, — диэн Медицина национальнай киинин-өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа ыарыыны быһаарыыга уонна эмтээһиҥҥэ рентгенохирургия ньымаларын отделениетын сэбиэдиссэйэ Леонид Павлов иһитиннэрдэ.

Дьиҥэр, эмтээһин маннык ньымата уруккуттан баар, ол гынан баран, Саха сиригэр туттуллубат буолан, эмтэнээччилэр киин куораттарга эбэтэр омук сирдэригэр барарга күһэллэллэрэ. Саҥа технология киллэриллэн, эмчиттэр онкологтары кытары эмтэниигэ наадыйааччыларга барыларыгар тугунан да сыаналаммат көмөнү оҥорор баҕалаахтар.

60-70 саастаах үс ыарыһах эпэрээссийэлэннэ. Исписэлиистэр этэллэринэн, маннык эпэрээссийэҕэ киһи этэ-сиинэ улаханнык эчэйбэт; быһыы-сотуу суоҕун кэриэтэ, хаан барыыта эмиэ суох. Эпэрээссийэ биир чаас курдук оҥоһуллар.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин штаты таһынан кылаабынай онколога Феодосия Иванова иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ сыл аайы искэнинэн аан бастаан ыалдьыы 2300-тэн тахса түгэнэ бэлиэтэнэр. Оттон быар искэнин туһунан этэр буоллахха, Саха сирэ Арассыыйаҕа үрдүк көрдөрүүлээх эригийиэҥҥэ киирсэр. Быар искэнин сүрүн төрүөтэ – ааһан араҕан биэрбэт вирустаах гепатит содула. “Быар искэнэ” диэн диагноз сыл аайы 180 ыарыһахха туруоруллар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 23.10.2019 14:41 14:41