Муома, Эбээн-Бытантаай, Анаабыр улуустарыгар буруйу оҥоруу таһыма намтаабыт. Оттон Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Абый оройуоннарыгар төттөрүтүн үрдээбит.
Буруйу оҥоруу уопсай көрдөрүүтүттэн баайы-дуолу бас билиигэ тахсыбыт буруй 46,4% ылар. Олоххо, доруобуйаҕа кутталы үөскэтии 20,4%, наркотигы сокуоннайа суох эргитии 5,9%, экономическай майгылаах буруйдар 4,9% тэҥнэһэллэр.
Доруобуйаҕа сорунан турар кутталы үөскэтии 16,7%, күүһүлээһин 48,3%, массыынаны куоттарыы 8,5% аччаабыт. Сорунан туран дьону өлөрүү баһыйар үксэ (31,6%) дьиэ-кэргэн айдааныгар оҥоһуллар.
This post was published on 28.07.2016 09:55 09:55