2010 сыллаахха Усуйаана улууһугар булуллубут сэлии оҕото Юка уочараттаах сюрприһы Саха сирин палеонтологтарыгар аҕалла. Аҕыйах ый анараа өттүгэр биллибитинэн, булуллубут кыыл уола билиннэ. Бу иннинэ кинини кыыс дии сылдьыбыттара.
СИА-ҕа СӨ наукаларын академиятын сэлии фаунатын отделын салайааччыта, биологическай наука доктора Альберт Протопопов иһитиннэрбитинэн, аҕыйах сыллааҕыта учуонайдар кылгас кэм иһигэр Юка клеткаларын тыыннаабыттара. Бу хаһан эрэ сэлии оҕотун клоннаан таһаарыыга кыаҕы үөскэтэригэр эрэллээхтэр.
«Юка уол буоларын шведскай кэллиэгэлэрбит Стокгольмнааҕы айылҕа музейын генетическай кииниттэн биллэрдилэр. Онно кинилэр кыыл геномун уонна стволовой хромосоматын генын үөрэппиттэрэ. Икки ыйдааҕыта палеогенетик Лав Даллен чинчийии түмүгүн ыыппыта уонна суруйбута: «Билэр этигит дуо, Юка уол буоларын?». Бу биһиэхэ сюрприз, биһиги куруук кыыс дии сылдьыбыппыт», – диэтэ Протопопов.
Сиһилии: https://ysia.ru/najdennyj-v-yakutii-mamontyonok-yuka-okazalsya-malchikom/