Ил Тумэн олунньу 26 күнүгэр «Булт туһунан уонна булду харыстааһын» СӨ сокуонун 11 ыстатыйатыгар көннөрүүлэри киллэрэр туһунан сокуон барылын ылынна. 2020 сылтан булка көҥүлү биэрии механизма уларыйар буолла. Туундара дьиикэй табатыгар уонна киискэ саҥаны киллэрии көрүллүбэт.
«Булчуттар өр күүппүт көннөрүүлэрэ киирдэ, — диэн инновация миниистирэ Анатолий Семенов эттэ. — Билигин e-yakutia.ru порталынан бултааһыҥҥа көҥүл биэриигэ киирбит сайаапка көрүллүбүт квотаттан элбиир түгэнигэр, электроннай сэрэбиэй ыытыллыаҕа».
Санатар эбит буоллахха, булка көҥүлү ылыыга электроннай суруйуу аан бастаан 2018 сыллаахха тэриллибитэ. Ааспыт сылга суруттарыыга 3000 тахса киһи кыттыбыта.
This post was published on 27.02.2020 17:06 17:06