Саха сиригэр 2020 сылга кыһыл көмүһү хостооһун 6,3% улаатта, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ. Пандемия кэмигэр үлэ хайдах салаллыбытын СИА-ҕа промышленность департаменын салайааччыта Владимир Дьяконов кэпсээтэ.
Владимир Дьяконов бэлиэтээбитинэн, пандемия бары промышленнай тэрилтэлэргэ дьайда: харантыын, ыалдьыбыт дьону тиэйии-таһыы — бу барыта былааннамматах ороскуот. Ити эрээри сыаналаах тимири хостооһуҥҥа түһүү тахсыбата. «2020 сыл тохсунньу — ахсынньы ыйдарыгар кыһыл көмүһү хостооһун иэнэ 39 туоннаҕа сыаналанар, бу ааспыт сылы кытта тэҥнээн көрдөххө 6,3% элбэх», — диэтэ кини.
Үгүстэр биллибэт балаһыанньалаах кэмҥэ уурунууларын үгэскэ кубулуйбут көрүҥҥэ тутталлар — кыһыл көмүскэ инвестициялыыллар. Билиҥҥи кириисис ураты буолбата, бу көмүһү хостооччуларга үчүгэй өттүнэн дьайда, бюджекка эмиэ, диэтэ Дьяконов.
«Кыһыл көмүс сыаната Лондонскай биржаҕа таҕыста, дуоллар эмиэ улаатта, онон Россияҕа көмүс сыаналанна. Көмүһү хостооччулартан киирэр нолуок улаатар, ааспыт сыллаахха холоотоххо«, — диэтэ агентство сэһэргэһээччитэ.
Саха сиригэр кыһыл көмүһүнэн дьарыктанааччы 60-ча хампаанньа баар.
This post was published on 09.12.2020 18:02 18:02