Нуорматтан намыһах температура бу нэдиэлэҕэ Саха сиригэр бэлиэтэнэр. Миэстэлэринэн 55 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа, ТАСС-ка Россиятааҕы Гидрометкиин научнай салайааччыта Роман Вильфанд эттэ.
Вильфанд эппитинэн, Саха сиригэр кэлэр үс күҥҥэ температура 6-8 кыраадыһынан нуорматтан намыһах. «Регион соҕуруу өттүгэр 40-45 кыраадыска диэри тымныйыаҕа», — диэтэ кини.
Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрбитинэн, бүгүн 6 чааска 45 — 50 кыраадыс тымныы Батамайга, Куйгаҕа, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Теплай Ключка, Депутатскайга, Верхоянскайга, Хабардиноҕа бэлиэтэннэ. Сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга тымныынан сибээстээн оскуолаҕа кэлэн үөрэнэри тохтоттулар.
Дьокуускайга күнүс 24 кыраадыс тымныы.
This post was published on 03.03.2025 11:59 11:59