Өрөспүүбүлүкэҕэ сааскы булт көҥүл. Ити эрээри кэккэ быраабылалардаах, хааччахтардаах. Бултааһын көҥүллээх буолуохтаах, СИА суруйар.
«Быйылгы сылга административнай эппиэтинэскэ 400 тахса киһи тардылынна. Маны сэргэ көҥүлэ суох бултааһын иһин үс холуобунай дьыала тэрилиннэ», — «Якутия24» ханаалга айылҕа харыстабылыгар прокурор солбуйааччыта Савва Степанов эттэ.
Прокуратура бэрэстэбиитэлэ эппитинэн, булчут докумуонун бэйэтин кытта илдьэ сылдьыахтаах. Манна барыта сурулла сылдьар. Уопсай ирдэбил — булт билиэтэ, булт саатын харайыыга уонна илдьэ сылдьыыга көҥүл, маны сэргэ булка көҥүл.
Холобур, бултуур сиригэр дуогабар быһыытынан бэриллэр путевкалаах буолуохтаах. Ураты харыстанар сиргэ бултууругар көҥүлү ыларыгар биологогическай ресурсалар уонна ураты харыстанар территориялар Дирекцияларыгар биллиэхтээх. Госпошлинатын уонна хомуурун (булт көрүҥүттэн көрөн кээмэйэ араастаһар) төлүөхтээх. Маннык хомуур төлөбүрүттэн аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ босхолоноллор. Ити эрээри кинилэр бэйэлэрин эрэ сирдэригэр уонна тус туттууларыгар эрэ бултуур буоллахтарына.
«Көҥүлэ суох булчукка административнай эппиэтинэс көрүллэр: ыстыраап, саатын былдьааһын, бултуур быраабын икки сылга диэри быһааһын. Ураты харыстанар сиргэ көҥүлэ суох бултааччыга холуобунай дьыала тэриллиэн сөп», — диэтэ Савва Степанов.