Саха сиригэр босхо гаастааһын былаанын 52% куоһардылар

2022 сылга Саха сиригэр 2041 ыалга босхо гаас киирэрэ былааннаммыта, билигин 3109 сир учаастагар киирдэ. Былааны 52% аһара толордулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ национальнай бырайыак чэрчитинэн эбийиэктэри тутуу уонна саҥардыы бырагырааматын мунньаҕар Айсен Николаев сэтинньи 2 күнүгэр иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирин олохтоохторугар, быстах байыаннай хомуурга түбэспит дьоҥҥо гаас киллэрэргэ аналлаах оборудованиелары ылыыга субсидия үлэлиирин санатта. «Муниципалитеттар салайааччылара өрөспүүбүлүкэттэн бэриллэр субсидиялар туһунан дьоҥҥо тиэрдиэхтэрин наада», — диэн сорудахтаата Николаев.

Дьиҥ туругунан, билигин региоҥҥа 1529 дьиэҕэ гаас киирдэ, бу былаан 75 % тэҥнэһэр. Гаас оборудованиетын ылыыга 150 тыһыынча солк. кээмэйдээх субсидия биэриигэ хаалыы баар диэн бэлиэтииллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, «Кысыл-Сыр 84 км» магистральнай гаас турбатын тутуута былаан быһыытынан бара турар. «Сахатранснефтегаз»  хампаанньа 19  км магистральнай гаас турбатын тарта. Сыл бүтүөр диэри өссө 24 км тутуллуоҕа.

This post was published on 03.11.2022 11:03 11:03