Икки сыл устата үөрэтэр киин материальнай баазатын тэриннэ. Бэлэмнээһин хаачыстыбатын сүрүн ирдэбилэ — тыыннаах эргиллэр байыастар ахсааннарын элбэтии.
«Боотуртан» байыаннай үлэлэрин иһин үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа тиксибит чулуу байыастар үүннүлэр. Кинилэр ортолоругар — хамандыыр Александр Колесов, Саха сириттэн байыаннай дьайыыга кыттааччылартан Арассыыйа Федерациятын Дьоруойун аатын бастакынан ылбыта», — диэтэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев.
Бу кэм устата кииҥҥэ 950 киһи кэлбит. Үөрэҕи ааһан, бойобуой дьайыы зонатыгар 16 баҕа өттүнэн бөлөх тэриллибитэ. Бу — 624 байыас.
Бу этэрээт 367 байыаһа уордьаннарынан, мэтээллэринэн, ол иһигэр Арассыыйа Дьоруойа, «Эр санаа уордьанын», «Аҕа дойду иннигэр» уордьан иккис истиэпэннээх мэтээлинэн уо.д.а. наҕараадаламмыттара.
Этэрээт кыттыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов уонна атын салайааччылар махтаннылар.
«Хас биирдиигит этэрээккэ бэйэтин кылаатын киллэрдэ. Эһигиттэн хас биирдиигит бэйэтин бириинсиптэрин дьиҥнээх дьыаланан көрдөрөр. Бу олус бочуоттаах», — диэтэ Георгий Михайлов. Кини «Боотур» этэрээт байыастарынан норуот бүттүүнэ киэн туттар диэн бэлиэтээтэ, суруйда Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Источник: Саха сирэ саайт
This post was published on 18.06.2024 11:06 11:06