Саха сиригэр бочуоттаах аҕаларга биир кэмнээх харчынан төлөбүр олохтонор

Хаартыска: ЯСИА саайта

Ил Дархан Айсен Николаев «Ытык аҕа» бэлиэлээх аҕаларга биир кэмнээх харчынан бириэмийэ көрүллэрин туһунан ыйааҕа таҕыста. Суумата — 100 тыһ солк.

Ол туһунан регион салайааччыта телеграм-ханаалыгар суруйда. «Ыалга уонна оҕо гражданин быһыытынан иитиллэн тахсыытыгар аҕа оруолун өрө тутан, маны сэргэ оҕону иитиигэ аҕа оһуобай үтүөтүн көҕүлүүр систиэмэни күүһүрдэр сыалтан, бэҕэһээ ыйаахха илии баттаатым. Онно этиллэринэн «Ытык аҕа» бэлиэлээх аҕаларга 100 тыһ солк кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан бириэмийэ олохтонор», — диэтэ Айсен Николаев.

Кини эбэн эппитинэн, үс аҕа Саха сиригэр аҕа күнүгэр, үс аҕа Российскай Федерацияҕа аҕа күнүгэр наҕараадалары тутуохтара.

Суруллубутунан, дьаһал Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо аймах сылларыгар ыллыбыта — ураты бэлиэ буолар.

This post was published on 18.04.2024 15:03 15:03