Саха сиринээҕи үөрэх министиэристибэтигэр БКЭ-ни туттарыы болдьоҕун эттилэр.
Коронавирус инфекцията тарҕаммытынан, РФ үөрэҕин министиэристибэтин быһаарыытынан, быйыл биир кэлим эксээмэни үрдүк үөрэххэ киирээччилэр эрэ туттараллар. Аттестаты бары ылаллар.
Саха сиригэр БКЭ-ни тутарааччы ахсаана — 6082 киһи. Эксээмэни туттарыыга 233 пуун үлэлиирэ бэлэмнэнэр. Билигин дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн, рециркулятордарынан, термометрдарынан, тус харыстанар сириэстибэлэринэн, иһэр уунан хааччыйыы үлэтэ ыытыллар.
Оҕолору олордууга 1,5 м дистанция тутуһуллуохтаах.
Эксээмэннэри ханнык күннэргэ туттарыыны сиһилии: https://ysia.ru/v-yakutii-ege-budut-sdavat-svyshe-6-tysyach-chelovek/